БИЛСИӉ: САӉА КИНИГЭ
Бөөлүhүү бүөрэмньитин бүөбэйдэрэ// [хомуйан оӊордо: М.И.Шадрина] – Дьокуускай: Сайдам, 2014. – 160 с.
«Бөөлүhүү бүөрэмньитин бүөбэйдэрэ» кинигэ тойуксут Андрей Капитонович Прокопьев төрүттэрбит былыргы кэмнэргэ олохторун сиэрин-туомун, иэйиилэрин илдьэ сылдьан, олохторун оӊкулларын, очурдарын, тойуктарын тиэрдэринэн интэриэhи тардар. XIX, XX үйэлэрдээ5иттэн са5алаан, бэйэтэ оччотоо5у көлүөнэ дьонтон иэйиилэрин үллэстибит киhи быhыытынан, тус айымньыларын ыччакка – саӊа кэм дьонугар туhаайбытынан аа5ааччы араас араӊатын бол5омтотугар туhаайыллар.
Кинигэ5э киллэриллибит аймах дьонун ахтыылара төрүт дьоммут былыргыттан утумнанан кэлбит эйгэлэрин укулаатын кэрэhэлииллэр. Кинигэ5э Прокопьевтар, Кириллиннэр дьиэтээ5и архыыптарыттан хаартыскалара киирдилэр.
РОД ДЬИРИКИНЭЙ. Составитель М.И.Шадрина. На якутском языке. – Якутск: Сайдам, 2014. - 160 с. (Массово-политическое издание)
ДАР Шадриной Марии Ивановны, заслуженного работника культуры РС (Я), журналиста и краеведа с дарственной надписью: «Yйэлэргэ тиийэ утумнана турдун норуоппут мындыра, иэйиитэ баай тыла. Сүгүрүй, сайыннар, салгыы илдьэ тур өбүгэӊ ыра санаатын. Кинигэ сүрэхтэниитигэр хомуйан оӊорбут М.И.Шадринаттан. 27.01.15 сыл».